Бу сыл саха норуотугар кэрэ-бэлиэ үбүлүөйдэрдээх – ол курдук Саха АССР төрүттэммитэ 100, саха литературатыгар бэлиэ суолу хаалларбыт, бөдөҥ общественнай-политическай диэйэтэллэр, саха норуодунай суруйааччылара Семен Данилов 105, Софрон Данилов 100 сыллара.
«Бор көмүс күһүнэ» литература бэстибээлин ытыктабыллаах ыалдьыттарынан буоллулар Алгыс Иннокентьевич Стручков,«Горнай улууһа» муниципальнай оройуон баһылыгын солбуйааччыта, Степан Ефремович Сивцев – Хамалҕа,Россия Суруйааччыларын уонна суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, худуоһунньук, уус, кэпсээнньит, Саха сирин суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта, Семен Андреевич Попов – Сэмэн Тумат, Россия Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, саха народнай суруйааччыта, поэт, прозаик, литературный кириитик, тылбаасчыт, суруналыыс, СР культуратын үтүөлээх үлэһитэ, Анна Егоровна Варламова – Айысхаана,прозаик, Россия суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, Саха Республикатын культуратын үтүөлээх үлэһитэ, Елена Васильевна Слепцова – Куорсуннаах,поэтесса, прозаик, Саха Республикатын үтүөлээх артыыһа, Россия суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, П.А.Ойуунускай аатынан СР Государственнай бириэмийэтин, Николай Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан СР Ил Дарханын бириэмийэтин лауреата, Семен Спиридонович Капитонов,поэт, Россия суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, Саха Республикатын культуратын туйгуна, Мария Никитична Данилова, биир дойдулаахпыт, Россия театральнай деятеллэрин сойууһун чилиэнэ, СР Үүнэр көлүөнэ театрын артыыһа, СР үтүөлээх артыыһа, Любовь Афанасьевна Макарова , Саха Республикатын Үүнэр көлүөнэ государственнай театрын артыыһа.
VIII өрөспүүбүлүкэтээҕи «Бор көмүс күһүнэ» литература бэстибээлэ киэҥ хабааннаах программалаах, үрдүк тэрээһиннээх ыытылынна. Ол курдук Духуобунас киинин скверигэр норуодунай суруйааччылар памятниктарыгар сибэкки дьөрбөтүн ууруунан, мас олордуутунан саҕаланна.
Мытаахтыыр суол 17 км. Үс көлүйэ сиригэр Семен Данилов «Ферма кыргыттара» хоһоонугар мемориальнай бэлиэ арылынна. Тэрээһиҥҥэ ыраах Сунтаар улууһуттан, хоһоону ырыа гынан көтүппүт, мелодист Иван Иванов кыттыыны ылла.
Мытаах сынньалаҥын киинигэр, музей-галереҕа бэстибээл арыллыыта, литература, ыччат түмсүүлэрин, айар ыччат күрэхтэрэ, суруйааччылар автограф-сессиялара.
Эбэ алааһыгар эдэр худуоһунньуктар пленэрдэрэ ыытылынна. Дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлэ Николай Птицын. Л.А.Ким аатынан оҕо художественнай оскуолатын преподаватела Василий Камшилин маастар-кылаас көрдөрдө.
Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Бор көмүс күһүнэ» литература бэстибээлин сүрүн тэрийээччилэрэ Горнай улууһун культураҕа уонна духуобунай сайдыыга управлениета, Мытаах нэһилиэгин дьаһалтата, Горнай улууһун П.Д.Аввакумов аатынан киин библиотеката, Бэрдьигэстээх оҕо искусствотын оскуолата, М. Егоров аатынан Бэрдьигэстээх сынньалаҥын киинэ, «Сыккыс» литературнай түмсүү.
«... Сахам саҥа ырыаларын - саҕалыаххыт, билэбин» народнай поэт Семен Данилов хоһооннорунан литературнай-музыкальнай дьүһүйүү, «... Киһи буоллахха - олох оргуйар үөһүнэн сылдьыахха!» народнай суруйааччы Софрон Данилов кэпсээннэринэн инсценировка туруоруу күрэхтэргэ 13 түмсүү кыттыыны ылла. Дьүүллүүр сүбэҕэ поэт, прозаик, СР үтүөлээх артыыһа, Б.Ойуунускай аатынан СР Государственнай, Н.Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан СР Ил Дарханын бириэмийэлэрин лаурата Елена Васильевна Слепцова-Куорсуннаах, биир дойдулаахпыт, СР үтүөлээх артыыһа, СР үүнэр көлүөнэ театрын артыыһа Мария Никитична Данилова уонна ССРС култууратын туйгуна, СР култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Бэрдьигэстээх народнай театрын режиссера Елизавета Иевна Мартынова үлэлээтилэр.
«... Сахам саҥа ырыаларын - саҕалыаххыт, билэбин» литературнай-музыкальнай дьүһүйүүгэ III үктэллээх лауреат «Дьулуур» Солоҕон нэһилиэгин ыччатын түмсүүтэ 10 тыһ. солкуобай сууммалаах сертификат, II үктэллээх лауреат Таатта улууһун, Чөркөөх бөһүөлэгин «Иэйии түһүлгэтэ» олохтоох ааптардар общественнай түмсүүтэ 15 тыһ. солк. сууммалаах сертификат, I үктэллээх лауреат «Стимул» А.Осипов аатынан Бэрдьигэстээх орто оскуолатын эдэр учууталларын түмсүүтэ 20 тыһ.солк. сууммалаах сертификат ыллылар. Күрэх муҥутуур кыайыылааҕа «Кылаан чыпчаал» ааты «Одуну кыымнара» литературнай түмсүү 30 тыһ. сууммалаах сертификат ылан үөрүү өрөгөйүн биллилэр. «Бастыҥ туруоруу» номинацияны Одуну хамаандатын салайааччыта Алина Афанасьевна Ноговицына ылла.
«Иэйии» айар эйгэ, «Айар кут» «Иэйии», «Данилов ыччаттара», «Иэйии», «Төлөн», «Ыллык», «Сайар сарыал», «Сэмэн ыччаттара» литературнай уонна ыччат түмсүүлэрэ туоһу суруктарынан уонна бириистэринэн наҕараадаланныллар.
"... Киһи буоллахха - олох оргуйар үөһүнэн сылдьыахха!" народнай суруйааччы Софрон Данилов кэпсээннэринэн инсценировка туруоруу күрэҕэр 4 хамаанда кыттыыны ылла. III үктэллээх лауреат Кировскай нэһилиэгин «Иэйии» литературнай түмсүү 10 солкуобай сууммалаах сертификат, II үктэллээх лауреат Мэҥэ-Хаҥалас «Таммахтар» литературнай түмсүү 15 солкуобай сууммалаах сертификат, I үктэллээх лауреат Мытаах нэһилиэгин «Сэмэн ыччаттара» түмсүүлэрэ 20 тыһ. солкуобай сууммалаах сертификат ыллылар. Таатта улууһун. Чөркөөх бөһүөлэгин «Иэйии түһүлгэтэ» олохтоох ааптардар общественнай түмсүү туоһу суругунан, 3 тыһ. солкуобай бирииһинэн наҕараадаланна. «Бастыҥ туруоруу» анал ааты Мытаах нэһилиэгин сынньалаҥ киинин художественнай салайааччыта Изабелла Максимова ылла. Дьүүллүүр сүбэ С. Данилов аатынан Бэрдьигэстээх орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ Күн Дьөһөгөй Тускул (5 кыл.), Вячеслав Иванов (9 кыл.), Петр Дьячковскай (11кыл.), Роман Пахомов (11 кыл.), Олимпий Петров ( 11 кыл.) хоһоон ааҕыыга, истээччигэ тиэрдиигэ бастыҥнарын бэлиэтээн, биһирээн анал бириистэри туттардылар. Уолаттарга салгыы дьарыктаналларыгар баҕа санааларын эттилэр.