Ыам ыйын 8 күнүгэр Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа, "Кыһыл сулус" орден кавалера, "Хорсунун иһин", "Бойобуой үтүөлэрин иһин' мэтээллэр хаһаайыннара, ветеринарнай сулууспа бэтэрээнэ, улуус сайдыытыгар биллэр-көстөр кылааты киллэрбит Николай Никитич Бекасов мемориальнай өйдөбүнньүк бэлиэтигэр сибэкки дьөрбөтун ууруу сиэрэ-туома, тэрээһинэ үрдүк таһымнаахтык ааста. Сүгүрүйүү күнүгэр Горнай улууһун депутаттарын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ М.Г.Константинова, Николай Никитич төрөппүт кыыһа Тамара, күтүөтэ Алексей Кесаревтар, аймахтара, Горнай улууһун ветеринариятын, култуура салалтатын улэһиттэрэ, С.П.Данилов аатын сүгэр Бэрдьигэстээх орто оскуолатын учууталлара, үөрэнээччилэрэ, уонна Бекасов уулусса олохтоохторо кыттыыны ыллылар. Кыайыы күнүнэн итии-истиҥ эҕэрдэни Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх улэһитэ Данил Санников салайар С.П.Данилов аатынан орто оскуола учууталларын хора "Кыайыы күнэ" ырыанан тиэртилэр уонна Николай Бекасов "Я вспоминаю" диэн хоһоонун 10 кылаас үөрээнээччитэ Дьулус Андреев аахта.
top of page
bottom of page